GCI-2011 куоҥкуруска кыттыы туһунан

From Apertium
Jump to navigation Jump to search

Бэлиэтэнии

Бастаан икки сиргэ бэлиэтэн:

  • Google Code-in ситим-сиригэр: Register as student
  • Apertium ситим-сиригэр (бу киирэн олорор сиргэр): үөһэ уҥа муннукка Login диэни баттаа. Бэлиэтэнэн баран Preferenes диэн кыбытыкка киирэн интерфейсыҥ тылын нууччалыы эбэтэр сахалыы туруор (английскайдыы үчүгэйдик билбэт буоллаххына).

Садаанньалары талыы

  1. Куоҥкурус садаанньаларын Google Code-in ситим-сириттэн көрүөххүн сөп: Search for tasks
  2. Биир садаанньаны (кыайыам дии санаабыккын) талаҕын.

Оҥоруу

Бастаан бэйэҥ көмпүүтэргэр толороҕун. Толоруу холобурадара:

Төһө сөпкө оҥорбуккун учууталыҥ эбэтэр тылы билэр киһи (холобур, төрөппүтүҥ дуу, атын улахан киһи дуу) көрдүн. Оннук көрдөрөр киһиҥ суох буоллаҕына миэхэ ыыт.

Көрдөрүү

  1. Онтон бу ситим-сиргэ толорбут үлэҕин саҥа сирэй оҥорон бэчээттиигин.
  • Үлэҥ аатын маннык гыныаххын сөп: Саха и русский/Pending_tests
  • Саҥа сирэйи арыйарга
  1. Ханнык ааттаах оҥорбуккун миэхэ уонна Экторга бу почталарга ыытан биллэрэҕин: cybersakha@gmail.com уонна hectoralos@gmail.com