GCI-2011 куоҥкуруска кыттыы туһунан
Бэлиэтэнии
Бастаан икки сиргэ бэлиэтэн:
- Google Code-in ситим-сиригэр: Register as student
- Apertium ситим-сиригэр (бу киирэн олорор сиргэр): үөһэ уҥа муннукка Login диэни баттаа. Бэлиэтэнэн баран Preferenes диэн кыбытыкка киирэн интерфейсыҥ тылын нууччалыы эбэтэр сахалыы туруор (английскайдыы үчүгэйдик билбэт буоллаххына).
Садаанньалары талыы
- Куоҥкурус садаанньаларын Google Code-in ситим-сириттэн көрүөххүн сөп: Search for tasks
- Биир садаанньаны (кыайыам дии санаабыккын) талаҕын.
Оҥоруу
Бастаан бэйэҥ көмпүүтэргэр толороҕун. Толоруу холобурадара:
Төһө сөпкө оҥорбуккун учууталыҥ эбэтэр тылы билэр киһи (холобур, төрөппүтүҥ дуу, атын улахан киһи дуу) көрдүн. Оннук көрдөрөр киһиҥ суох буоллаҕына миэхэ ыыт.
Көрдөрүү
1. Онтон бу ситим-сиргэ толорбут үлэҕин саҥа сирэй оҥорон бэчээттиигин.
- Үлэҥ аатын маннык гыныаххын сөп: Саха и русский/Pending tests
- Саҥа сирэйи арыйарга Көрдөө/Поиск диэн түннүккэ аатын суруй уонна тимэҕин баттаа. Оччоҕо маннык сирэй суох, оҥороҕун дуо диэн ыйытыы тахсыа. Сөбүлэс. Онтон тахсыбыт ыраас түннүккэ оҥорбут садаанньаҥ тиэкиһин уган кэбис. Аллара категориятын туруор. Маннык суруйаҕын [[Category:Sakha]]
2. Ханнык ааттаах оҥорбуккун миэхэ уонна Экторга бу почталарга ыытан биллэрэҕин: cybersakha@gmail.com уонна hectoralos@gmail.com 3. Сөбүлэҥ ылан баран аныгыскы садаанньаны оҥоруоххун сөп.