GCI-2011 куоҥкуруска кыттыы туһунан

From Apertium
Revision as of 06:16, 12 January 2012 by CyberSakha (talk | contribs) (→‎4-б. Көрдөрүү)
(diff) ← Older revision | Latest revision (diff) | Newer revision → (diff)
Jump to navigation Jump to search

1. Бэлиэтэнии[edit]

Бастаан икки сиргэ бэлиэтэн:

1.1. Google Code-in ситим-сиригэр: Register as student.
1.2. Apertium ситим-сиригэр (бу киирэн олорор сиргэр): үөһэ уҥа муннукка Login диэни баттаа. Бэлиэтэнэн баран Preferenes диэн кыбытыкка киирэн интерфейсыҥ тылын нууччалыы эбэтэр сахалыы туруор (английскайдыы үчүгэйдик билбэт буоллаххына).

Сүбэ: Бэлиэтэнэр ааттарыҥ биир буолаллара уонна бэйэҥ дьиҥнээх ааккар майгынныыллара ордук. Холобур, KeskilDollonov.

2. Садаанньалары талыы[edit]

2.1. Куоҥкурус садаанньаларын Google Code-in ситим-сириттэн көрүөххүн сөп: Search for tasks.
2.2. Биир садаанньаны (кыайыам дии санаабыккын) талаҕын.

Сүбэ: 2700-чэ садаанньаттан саха тылыгар аналлааҕы чопчу буларга сиидэни туһан: sakha диэн тылы бастакы түннүкчээҥҥэ суруй.

3. Оҥоруу[edit]

3.1. Бастаан бэйэҥ көмпүүтэргэр толороҕун. Толоруу холобурдара:

Английскайдыы быһаара сатыыр наадата суох. Өскө быһаарыы ирдэнэр дии санаатаххына нууччалыы да быһаарыаххын сөп.

3.2. Төһө сөпкө оҥорбуккун учууталыҥ эбэтэр тылы билэр киһи (холобур, төрөппүтүҥ дуу, атын улахан киһи дуу) көрдүн. Оннук көрдөрөр киһиҥ суох буоллаҕына миэхэ ыыт.

4-а. Көрдөрүү[edit]

4-а.1. Онтон бу ситим-сиргэ толорбут үлэҕин саҥа сирэй оҥорон бэчээттиигин. Ол маннык:
  • Үлэҥ аатын маннык гыныаххын сөп: Саха и русский/Pending tests (бу холобур эрэ);
  • Саҥа сирэйи арыйарга Көрдөөһүн (Поиск/Search) диэн түннүккэ үлэҥ аатын суруй уонна аллараа Көрдөр тимэҕи баттаа. Оччоҕо маннык сирэй суох, Саҥа сирэйи оҥорорго диэн кыһыл сигэ (ссылка) тахсыа. Ону баттаа. Онтон тахсыбыт ыраас түннүккэ оҥорбут садаанньаҥ тиэкиһин уган кэбис. Садаанньа үчүгэйдик көһүннүн диэн биики разметкатын сөпкө туһаныаххын наада. Ону билсэргэ Саха бикипиэдьийэтигэр киирэ сылдьыаххын сөп (холобур, хайдах модьу бичиги туруорар, саҥа абзац саҕалыыр, ис уонна тас сигэ оҥорор туһунан);
  • Аллара категориятын туруор. Ону маннык оҥороҕун: [[Category:Sakha]].
4-а.2. Ханнык ааттаах оҥорбуккун миэхэ уонна Экторга бу почталарга ыытан биллэрэҕин: cybersakha@gmail.com уонна hectoralos@gmail.com

Сүбэ: Бастаан Саха бикипиэдьийэтигэр (эмиэ бэлиэтэнэн баран) ханнык эрэ бэйэҕэр чугас ыстатыйаны суруйан көр, оччоҕо разметкаҕа түргэнник үөрэниэҥ.

4-б. Көрдөрүү[edit]

Оҥорбут уонна бигэргэммит садаанньаҕын Google Code In ситим-сиригэр киллэрии. Маны сиһилии Эктор ыйан-кэрдэн биэриэ.

Болҕой: Оҥорбут садаанньаҕын манна Гуугулга укпатаххына, ол садаанньа куонкуруска кыттыбатах курдук буолар. Онон бу толорорго булгуччулаах хаамыы.

5. Аныгыскы садаанньа[edit]

Сөбүлэҥ ылан баран аныгыскы садаанньаны оҥоруоххун сөп.


Бары үтүөнү,
Эн үлэҥ саха омугун кэскилин түстүүр үлэ буолар, ону умнума!
Ньукулай Павлов (aka Halan, HalanTul),
Саха бикипиэдьийэ дьаһабыла, CyberSakha түмсүү сүрүннээччитэ
Дьокуускай