Sakha and english/pending test
Revision as of 07:08, 14 January 2012 by Alina Torotoeva (talk | contribs) (Created page with '===Saying hello and goodbye=== *{{test|sa|Дорообо.|Hello.}} *{{test|sa|Үтүө сарсыарданан.|Good morning.}} *{{test|sa|Үтүө күнүнэн.|Good afterno…')
Contents
Saying hello and goodbye[edit]
- (sa) Дорообо. → Hello.
- (sa) Үтүө сарсыарданан. → Good morning.
- (sa) Үтүө күнүнэн. → Good afternoon.
- (sa) Үтүө киэһэнэн. → Good evening.
- (sa) Этэҥҥэ буол. → Goodbye.
- (sa) Көрсүөххэ диэри. → See you.
- (sa) Сылаастык утуйуҥ. → Goodnight.
- (sa) Сынньалаҥҥын үчүгэйдик атаар! → Have a good weekend!
Making yourself understood[edit]
- (sa) Эн аангылыйалыы билэҕин дуо? → Do you speak English?
- (sa) Мин аангылыйалыы билбэппин. → I don't speak English.
- (sa) Мин аангылыйалыы кыратык билэбин. → I speak a little English.
- (sa) Баһаалыста, бытааннык саҥар эрэ. → Please speak more slowly.
- (sa) Баһаалыста, ити эппиккин хатылыаҥ дуо? → Could you please repeat that?
- (sa) Баһаалыста, итини суруйан биэр эрэ. → Please write it down.
- (sa) Мин өйдөөтүм. → I understand.
- (sa) Мин өйдөөбөтүм. → I don't understand.
- (sa) Мин билэбин. → I know.
- (sa) Мин билбэппин. → I don't know.
- (sa) Ити суолтата суох. → It doesn't matter.
- (sa) Мин ыксыыбын. → I'm in a hurry.
- (sa) Мин барыахпын наада. → I've got to go.
- (sa) Мин дьаарбайыахпын наада. → I'm going out.
Thanks and apologies[edit]
- (sa) Ыалдьытымсаххыт иһин махтал. → Thanks for your hospitality.
- (sa) Көмөҕүт иһин махтал. → Thanks for your help.
- (sa) Бырастыы гын. → I'm sorry.
- (sa) Хойутаабыппын баалаама. → Sorry I'm late.
Common questions[edit]
- (sa) Эн ханна бааргыный? → Where are you?
- (sa) Туох буолла? → What happened?
- (sa) Бу туох диэн ааттааҕый? → What's this called?
- (sa) Эн иллэҥҥин дуо? → Have you got a minute?
- (sa) Тоҕо? → Why?
- (sa) Кырдьыгы этэҕин дуо? → Are you sure?
- (sa) Эн аатыҥ кимий? → What's your name?
- (sa) Эн хас саастааххыный? → How old are you?
- (sa) Эн төрөөбүт күнүҥ хаһан буоларый? → When is your birthday?
- (sa) Эн хантан сылдьаҕыный? → Where are you from?
- (sa) Эн ханна олороҕунуй? → Where do you live?
- (sa) Эн төлөпүөнүҥ нүөмэрэ ханныгый? → What's your phone number?
- (sa) Хас чаас буолла? → What time is it?
- (sa) Эн устудьуоҥҥун дуо? → Аre you a student?
- (sa) Эн үөрэххин бүтэрдэххинэ, тугу гынар былааннааххыный? → What do you want to do when you've finished?
Exclamations[edit]
- (sa) Көр! → Look!
- (sa) Астык! → Great!
- (sa) Чэ, кытаат! → Come on!
Instructions[edit]
- (sa) Киириҥ! → Come in!
- (sa) Баһаалыста, олор. → Please sit down.
- (sa) Баһаалыста, болҕойуҥ эрэ. → Could I have your attention, please?
- (sa) Бардыбыт! → Let's go!
- (sa) Ыксаа! → Hurry up!
- (sa) Сэрэн! → Steady on!
- (sa) Уоскуй эрэ. → Please be quiet.
- (sa) Бүт эрэ! → Stop it!
- (sa) Миэхэ этээр эрэ! → Let me know!
- (sa) Долгуйума. → Don't worry.